Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бүгүн, атырдьах ыйын 2 күнүгэр, Саха сирин волонтердара диэн бэстибээл чэрчитинэн байыаннай дьайыыга үлэлии-хамсыы, бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэ сылдьар көстүбэт фронт үлэһиттэрин Ил Дархан Айсен Николаев наҕараадалаата.
Ол курдук «Якутия с тобой», «Илии сылааһа», «Боевые Шелкопряды» диэн байыаннай дьайыыга көмө оҥорор, үлэлэһэр волонтердар наҕараадаланнылар.
Ил Дархан Айсен Николаев түмсүүлээх, биир санаанан салайтаран күргүөмнээх үлэни оҥороллорун, байыастарбытыгар кыһамньыларын иһин махтанна. Кини билигин даҕаны байыастар ийэлэригэр, дьиэ кэргэттэригэр, байыастарга бэйлэригэр элбэх өйөбүлү, көмөнү оҥоруохтаахпыт диэн бэлиэтээтэ.
«Буола турар быһыы-майгы биһигини өссө күүстээх оҥордо. Хаһан эрэ байыаннай дьайыы түмүктэниэҕэ, уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллиэхтэрэ, ол эрээри урукку курдук туох даҕаны буолуо суоҕа. Саха сирэ билигин атын. Биһиги кыайыыны уһансыы иһин үлэбит-хамнаспыт улахан уопуту биэрдэ. Биһиги түмсүүлээх буоллубут», — диэтэ Ил Дархан.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
Дьокуускайга 1 №-дээх полиция отделыгар икки киһи бэлисипиэттэрин уордарбыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбуттар. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…
Саха сирин социальнай көмүскэлин эдэр исписэлиистэрин кытта үөрэх сүлүөтүн иитинэн, бу салаа фундаментальнай сыаннастарын дьүүллэстилэр.…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Өрөспүүбүлүкэ киин, соҕуруу, арҕаа улуустарыгар быстах ардахтаах, сорох сиринэн этиҥнээх.…
Бүгүн Өймөкөөн улууһугар өрүстэр уонна үрэхтэр хааларыттан тахсан, оройуоҥҥа үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэриллибитэ. Күнүс…
Саха сиригэр дроннар -- пилота суох көтөр аппарааттар таһаҕаһы тиэрдэн саҕалаатылар диэн Ил Дархан Айсен…