«Байбал тэлбит суолунан» альбом-кинигэ биһирэмэ

Share

Чурапчыга киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар «Байбал тэлбит суолунан» диэн альбом-кинигэ биһирэмэ буолла.

Кинигэни СӨ култууратын туйгуна, Чурапчы улууһун, Чурапчы уонна Алаҕар нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, РФ айар сойуустарын чилиэнэ, норуот маастара, кыраайы үөрэтээччи, спорт, үлэ бэтэрээнэ Григорий Турантаев-Чолбон таҥан оҥордо. Альбом-кинигэ олимпийскай чемпион Павел Пинигин 70 сааһын туолуутугар анаата. Бу хаартысканан дьүһүйүү Чурапчы тустууктара 2018, 2023 сылларга Тарскай бирииһин турнирдарыгар дьоһун кыттыыларын көрдөрөр. «Сайдыы» кинигэ кыһатыгар 400 экземплярынан бэчээттэммит, 52 страницалаах, 337 хаартыска киирбит.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

Кинигэ сүрэхтэниитигэр мустубуттары бибилэтиэкэр Марфа Кузьмина сандал саас кэлбитинэн, Григорий Турантаев альбом-кинигэтэ сүрэхтэнэринэн эҕэрдэлээтэ, айымньыны сиһилии ырытта. Киирии ыстатыйаны «Саха боотура, Чурапчы чулуута Павел Пинигин» диэн төбөлөөн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев суруйбутун бэлиэтээтэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

Эҕэрдэ тылы улуус дьаһалтатын спортка уонна физическэй култуураҕа управлениетын исписэлииһэ Ольга Попова, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын нэһилиэнньэни кытары үлэҕэ сүрүннүүр исписэлииһэ Мария Матвеева, Д.П.Коркин аатынан спортивнай албан аат мусуойун дириэктэрэ Егор Пудов, Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуола кылаабынай тириэньэрэ Альберт Макаров, ветеран-спортсмен, биллиилээх тустуук Семен Морфунов, киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Вера Платонова, табаарыстара Гаврил Макаров, Алексей Слепцов, Иван Парфенов эттилэр. Кинилэр Григорий Григорьевич ураты талаанын — фотограф, худуоһунньук, скульптор, кыраайы үөрэтээччи, уус быһыытынан элбэҕи оҥорбутун, төрөөбүт-үөскээбит Чурапчытын патриота буоларын эттилэр, киһи, табаарыс быһыытынан сэмэйин бэлиэтээтилэр, өссө даҕаны айа-тута, үлэлии сылдьарыгар баҕардылар. Биллиилээх тустуук, кыраайы үөрэтээччи Михаил Друзьянов эҕэрдэтин ыраахтан олорон тиэртэ.

Бырааһынньыгы Григорий Григорьевичка анаммыт тойук, спортка анаммыт ырыаларынан эҕэрдэлэр тупсардылар.
Түмүккэ Григорий Турантаев бэйэтин айар үлэтиттэн кэпсээтэ, быыстапкаҕа туруоруллубут айымньыларын быһааран биэрдэ, кэлэн кыттыбыттарыгар махтанна.

Алексей Слепцов,

Чурапчы.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago