Байкалга сир хамсаата

Байкалга сир хамсаата

16.02.2023, 15:56
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Олунньу 16 күнүгэр Байкал күөл таһыгар, Иркутскай уобалас Улахан Голоустнай сэлиэнньэтиттэн 18 биэрэстэлээх сиргэ 5,9 бааллаах сир хамсааһына буолла. Иркутскайга 3 бааллаах сир хамсааһына биллибит.

“Иркутскай уобаласка сарсыарда 10 аҥаар чааска 5,9-3 бааллаах сир хамсааһына бэлиэтэннэ. Сиэртибэлэр уонна дьиэлэр алдьаныылара суохтар. Социальнай эбийиэктэр бары үлэлии тураллар” диэн Иркутскайдааҕы ЫБММ управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Сейсмологтар биллэрбиттэринэн, сир хамсааһынын орто магнитудата 4,2 эбит. Чаас аҥаара буолан баран, Бурятия Муйскай оройуонугар, Байкал күөл хотугу өттүгэр 4 бааллаах сир хамсааһына бэлиэтэммит.

Байкал күөл уонна Монголияҕа Хубсугул күөл Байкальскай рифтовай зонаҕа киирэллэр. Бу сиринэн сир хаҕа дьаппаланар, быһыта барар эбит, онон уруккуттан да кыралаан сир хамсыыр. Бу зона уһуга Саха сирин соҕуруу өттүгэр тиийэр диэн СИА иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: