Байконуртан космоска Саха сирэ уонна Бүлүү куорат гербэлэрдээх ракетаны ыыттылар
Бүгүн 16:45 мүнүүтэҕэ Байконур космодромуттан»Союз-2.1б» ракета-носители Сири тэйиччиттэн кэтээн көрөр космическай аппарааттаах ыыттылар.
Ракета-носительга Саха сирин уонна Бүлүү куоратын 390 сылыгар анаммыт ойуулардаах.
«Ракетаҕа ойуулардаах гынар туһугар Бүлүү олохтоохторо Роскосмостан көрдөспүттэрэ. Бу 390 сыл үбүлүөйүгэр бэртээхэй бэлэх«, — диэтэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев.
Роскосмос исписэлиистэрэ спутнигы туһааннаах орбитаҕа таһаарыы уонна арахсыыта этэҥҥэ барбытын эттилэр.
Кинилэр этэллэринэн, «Ресурс-П» 5 нүөмэр Сир үрдүн көрөргө аналлаах, айылҕа баайын чинчийэр, тулалыыр эйгэ киртийиитин хонтуруоллуур.
2000-лаах үбүлүөйдээх көтүү буолбут. Континеннар икки ардыларынааҕы баллистическай ракета аан бастаан 1957 с көппүтэ.
Биллэрин курдук, «Роскосмос» госкорпорация Бүлүү оройуонун кытта сөбүлэһиигэ олоҕуран үлэлиир. Ол түмүгэр 1 Күүлэт уонна Үгүлээт нэһилиэктэригэр саҥа оскуолалар тутулуннулар, араас тэрээһиннэргэ успуонсардыыллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: