Байыаннай бэлэмниир кииннэри 12 эрэгийиэҥҥэ тэрийиэхтэрэ

Share

РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Уһук Илиҥҥи уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, байыаннай дьайыы зонатыттан командировкаттан кэлэн баран, Владимир Соловьевка интервью биэрдэ.

Вице-премьер Уһук Илиҥҥэ фронт наадатыгар бородууксуйаны оҥорон таһаарар тэрилтэлэри экэниэмикэ өттүнэн өйүүр миэрэлэри тэрийиигэ уопутун үллэһиннэ.

Юрий Трутнев этэринэн, ТОР байыаннай технологияны үөрэтиини, саҥаны киллэрииттэн саҕалаан оҥорон таһаарыыга диэри бириэмэни  төһө кыалларынан кыччатар соруктаах.

«Биһиги төһө кыалларынан  айан таһаарыыттан оҥорон таһаарыыга диэри үлэ хаамыытын түргэтэтэр санаалаахпыт. Биһиги Уһук Илин  сиригэр-уотугар  оҥорон таһаарыыны тэнитэргэ бэлэммит. Ол курдук, холобур байыаннай дьайыыга туттуллар тэриллэри, беспилотниктары, радиоэлектроннай киирсии ыстаансыйаларын, снайпердар кэмпилиэктэрин, оптическай тепловизионнай кыҥыыр тэриллэри о.д.а. Биһиги байыаннай дьайыыга көмөлөөх тугу эмит оҥоро сатыыр дьону барыларын өйүөхпүт», — диэн иһитиннэрдэ кини.

Байыаннай дьайыыга  инники кирбиигэ  буолбут көрсүһүүлэри кэпсииригэр, Юрий Трутнев Уһук Илинтэн сылдьар буойуннар үрдүк таһымнарын, идэлэрин толору баһылаабыттарын бэлиэтээбит.  «Саа-саадах тутан дойдуларын көмүскүү сылдьар бар дьоммутугар дириҥ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһабын.  Биһиги байыастары бэлэмнииргэ сүрүн болҕомтону ууруохпутун наада», — диэтэ.

Биһиги билигин Сергей Кириенконы кытта  бырайыак саҕалаатыбыт. Ыам ыйын 11 күнүттэн 12  сиргэ  үөрэтэр кииннэр тэриллиэхтэрэ. Оборуона министиэристибэтин кытта байыастары бэлэмнииргэ  үлэлэһэиэхпит, — диэн иһитиннэрдэ Юрий Трутнев.

Дойдуга бэриниилээх гына иитиигэ байыаннай-спортивнай пилотнай кииннэри тэрийиигэ 12 эрэгийиэн талыллыбыт: Бурятия, ДНӨ, Калмыкия, Татарстан, Чечня Өрөспүүбүлүкэтэ, Хабаровскай кыраай, Белгородскай, Кемеровскай, Псковскай, Свердловскай, Тюменскай уобаластар уонна Ямало-Ненецкай автономнай уокурук. Хас биирдии киин биирдии  түһүмэххэ  300 киһини бэлэмниэхтэрэ. Бэлэмнэнии болдьоҕо ый устата буолар.

Маны сэргэ өссө биир сүрүн соругунан Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр эйэлээх олоҕу олохтооһун буолар. Ааспыт сылтан  Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэрэ, ол иһигэр  Саха сирэ, Бурятия, Приморскай, Камчатскай уонна Хабаровскай кыраайдар, Амурскай, Магаданскай уонна Сахалинскай уобаластар Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай инфраструктураны сөргүтүүгэ көмөлөһөллөр.  Ааспыт сылга  300 социальнай эбийиэк сөргүтүллүбүт. Олор истэригэр оскуолалар, уһуйааннар, балыыһалар, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, суол-иис.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago