Байыаннай дьайыы 100 тахса кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ үлэ буллулар

Share

Байыаннай дьайыы 100 тахса кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрэ Саха сирин дьарыктаах буолуу киинин көмөтүнэн үлэ буллулар. Бу туһунан бүгүн,  атырдьах ыйын 27 күнүгэр, брифинг кэмигэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Борисов иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, байыаннай дьайыы 38 кыттыылааҕа үлэ булбут. Үлэтэ суоҕунан 32 киһи билиниллибит. Олор истэриттэн сэттэ ЧВК байыастара. Идэ ылар анал үөрэххэ 18 киһини ыыппыттар. Ол курдук кэмиэрчэскэй агент, араас категориялаах суоппар идэтигэр уонна бульдозер машиниһа, харабыл идэлэригэр үөрэнэ киирбиттэр.  Сэттэ киһи бэйэ дьыалатын тэриниэхпит диэн өйөбүл миэрэтинэн туһаммыттар. Маны сэргэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин 135 чилиэнэ үлэҕэ киирбиттэр. Анал идэ ылар үөрэххэ 11  киһини ыыппыттар. Парикмахерга, сиэстэрэҕэ үөрэнэргэ. Маны таһынан 20 киһи бэйэ дьыалатын тэринэргэ көмө ылбыт. Ол курдук хаартыскаҕа түһэрэр өҥө, сүөһү иитиитэ, массаастыыр кэбиниэт, косметология өҥөтүн оҥоруу дьыалатын тэриммиттэр.

-Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан,  Саха сирин дьарыктаах буолуутун сулууспалара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин үлэҕэ олохтуурга аадырыстаах көмөнү оҥороллор. «Защитники отечества» судаарыстыбаннай пуонданы кытта кыттыгас тэрээһиннэри ыыталлар, — диэн Георгий Борисов иһитиннэрдэ.

Атырдьах ыйын 16 күнүгэр  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр анаан үлэ дьаарбаҥката ыытыллыбыт. Манна уопсайа 70 үлэ биэрээччи кыттыыны ылбыт. Дьаарбаҥкаҕа байыаннай дьайыы 50 кыттыылааҕа, 79 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, ЧВК  уонна «Шторм» этэрээт 18 байыаһа кыттыыны ылбыттар. 18 резюме көрүүгэ сытар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago