Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын уорганнара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин үлэҕэ ылыыга көмөлөһөллөр.
“Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин оробуочай миэстэлэри кубуоталааһын туһунан СӨ сокуонугар олоҕуран үлэҕэ ылаллар. Ол курдук, 2024 сылга кубуоталаах 802 миэстэҕэ үлэҕэ ылыахтара”, — диэтэ олунньу 6 күнүнээҕи брифиҥҥэ Саха сирин нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т. Георгий Борисов.
Бу судаарыстыбаннай өҥөлөрү сэргэ үлэни биэрээччилэргэ хамнас төлөбүрүгэр толуйуу тэрээһиннэрэ олоххо киирэллэр.
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатыгар байыаннай дьайыы 96 кыттыылааҕа үлэ көрдөспүтэ, ол иһигэр быйыл 5 киһи. Кинилэртэн 41 киһини үлэҕэ ылларбыттара, ол иһигэр 2024 сылга — 3 бэтэрээни.
Байыаннай дьайыы 39 кыттыылааҕа маннык идэлэргэ эбии үөрэннэ: погрузчик суоппара, бульдозер, кыраан, экскаватор машинистара, КИПиА силиэсэрдэрэ, сантехниктар, “С”, “Д”, “Е” категориялаах суоппардар. Алта бэтэрээн бэйэ дьыалатын арыйыыга үбүнэн көмөнү ылбыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…