Салгыы
Байыаннай дьайыы бэтэрээнигэр көмөлөстүлэр

Байыаннай дьайыы бэтэрээнигэр көмөлөстүлэр

28.01.2025, 13:40
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Саха сиринээҕи салаата байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ мэдиссиинискэй реабилитация баралларыгар былааннаах үлэни ыытар. Пуонда үлэһиттэрэ Антон К. диэн бэтэрээҥҥэ көмөлөстүлэр.

Антон мобилизацияҕа түбэһэн, байыаннай дьайыыга барбыта. Биир кыргыһыы кэмигэр ыараханнык бааһыран, эмтэммитэ уонна дойдутугар кэлбитэ. Манна байыастарга көмөлөһөр тэрилтэ баарын билэн баран, пуондаҕа тиийбитэ.

Киниэхэ социальнай координатор быһыытынан Полина Дедюкина анаммыта. Бэтэрээн туох баар социальнай көмө миэрэлэрин ыларыгар, быраастарга көрдөрүнэригэр, инбэлиит биэнсийэтин ыларыгар көмө оҥоһулунна. Билигин страховой төлөбүрдэри ыларыгар үлэ барар.

— Антон олус көхтөөх, эйэҕэс, үтүө санаалаах, реабилитация кэнниттэн үлэ булуон, ыал буолуон баҕарар. Сотору кэминэн Антону Омскайга баар реабилитация киинигэр ыытар былааннаахпыт, — диэн Полина Яковлевна кэпсээтэ.

Тохсунньуга Антон ребаилитацияны ааһыан баҕарарын туһунан эппитигэр, социальнай координатор Өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр кэлим реабилитацияларын социальнай-чэбдигирдэр киинигэр барарга сүбэлээбитэ. Кылгас кэмҥэ ыспыраапка оҥоһуллан, билигин Антон былааннаммыт реабилитацияны ааһа сылдьар.

— Пуонда салаатыгар мин элбэхтик сылдьабын, ханнык баҕарар боппуруостаах тиийиэхпин сөп. Билигин мин реабилитацияны ааһан, доруобуйабын бөҕөргөтөбүн. Ис сүрэхпиттэн көмө, өйөбүл иһин махтанабын ,- диэн байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Антон махтанна.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: