Байыаннай дьайыы бэтэрээнин «Колмар» хампаанньаҕа үлэҕэ ыллылар

Share

«Защитники Отечества» диэн судаарыстыбаннай пуонда Горнайдааҕы филиалыгар байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Эдуард Б. үлэ көрдөөн тиийбит.

Ааспыт сыл муус устар ыйыгар кини бэйэтин баҕатынан байыаннай дьайыыга барбыт. Байыаннай дьайыыга барыан иннинэ кини Бэрдьигэстээх баһаарынай чааһыгар үлэлээбитэ.  Байыаннай дьайыыттан кэлэн баран кини үлэтин миэстэтин уларытарга быһаарыммыт. Алексей Захаров диэн социальнай координатор дьарыктаах буолуу киинин кытта үлэлэһэн хайа оробуочайа идэҕэ үөрэттэрэн Нерюнгрига «Колмар» хампаанньаҕа үлэҕэ киирэригэр көмөлөспүтэ.

Билиҥҥи туругунан Эдуард этэҥҥэ үлэлии сылдьар. Бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, Арассыыйа дьоруойдарыгар анаммыт буулдьанан ытыы күрэхтэһиилэригэр бириистээх миэстэлэргэ тиксибит.

«Байыаннай дьайыыга этэҥҥэ сылдьан дойдубар, дьиэ кэргэммэр эргиллэн кэлбиппиттэн олус үөрэбин. Мин санаабар, эр киһи саҥа хайысхалары тобулуохтаах. Билигин харчылаһан дьиэ кэргэммин иитэр кыахтаныам. Үлэ буларбар, үөрэнэрбэр көмөлөспүт социальнай координаторбар Алексей Николаевичка махталбын тиэрдэбин «, — диэн Эдуард санаатын үллэстэр.

Бэлиэтээн суруйдахха, «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда филиалын аадырыһа Дьокуускай куорат Ойуунускай уулуссатын 41/1№-дээх аадырыска баар. Манна «Моя работа» диэн куорат уокуруктарын нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун Управлениетын исписэлииһэ үлэлиир. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара манна тиийэн билсиэхтэрин сөп.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

7 часов ago