Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ сонотуоруйга-куруорка босхо эмтэниэхтэрэ
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө салҕанар. Байыастар Арассыыйа Социальнай пуондатын суотугар мэдиссиинэ реабилитациятын ааһар уонна сонотуоруйга-куруорка эмтэнэр кыахтаннылар. Бырайыас төлөнөр. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ 177 дьиэ кэргэн олорор дьиэлэригэр гаас киллэрдилэр. Байыастар 552 төрөппүттэрэ сонотуоруйга-куруорка эмтэннилэр, сынньаннылар. Дьиэ кэрэттэрин 402 чилиэнэ байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр баран кэллилэр. Өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэ уонна социальнай тэрилтэлэригэр 1028 байыаннай сулууспалаах уонна аймахтарыттан 1768 киһи реабилитацияны аастылар.
Маны тэҥэ, 650 киһи үлэ буларыгар көмөнү ылла. 154 киһи саҥа идэ ыларга үөрэх кыһатыгар ыытылынна.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара саппааска барбыт уонна мобилизацияттан босхоломмут буоллахтарына, мэдиссиинэ реабилитациятын өҥөтүн уонна сонотуоруйга-куруорка эмтэниини ааһар бырааптаахтар. Социальнай пуонда бүддьүөтүттэн кэлэр-барар айаннарын ороскуота төлөнөр. 2025 сылга Саха сиригэр 144 миэстэни биэрдилэр. Бу өҥөнөн туһанарга Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын килийиэннэр сулууспаларыгар тиийиэххэ наада, — диэн Георгий Степнаов кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: