Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ сонотуоруйга-куруорка босхо эмтэниэхтэрэ

Share

Саха сиригэр  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө салҕанар. Байыастар Арассыыйа Социальнай пуондатын суотугар мэдиссиинэ реабилитациятын ааһар уонна сонотуоруйга-куруорка эмтэнэр  кыахтаннылар. Бырайыас төлөнөр. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

— Бүгүҥҥү күҥҥэ 177 дьиэ кэргэн олорор дьиэлэригэр гаас киллэрдилэр. Байыастар 552 төрөппүттэрэ сонотуоруйга-куруорка эмтэннилэр, сынньаннылар. Дьиэ кэрэттэрин 402 чилиэнэ байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр баран кэллилэр. Өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэ уонна социальнай тэрилтэлэригэр 1028 байыаннай сулууспалаах уонна аймахтарыттан 1768 киһи реабилитацияны аастылар.

Маны тэҥэ, 650 киһи үлэ буларыгар көмөнү ылла. 154 киһи саҥа идэ ыларга үөрэх кыһатыгар ыытылынна.

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ,  байыаннай дьайыы кыттыылаахтара саппааска барбыт уонна мобилизацияттан босхоломмут буоллахтарына, мэдиссиинэ реабилитациятын өҥөтүн уонна сонотуоруйга-куруорка эмтэниини ааһар бырааптаахтар. Социальнай пуонда бүддьүөтүттэн кэлэр-барар айаннарын ороскуота төлөнөр. 2025 сылга Саха сиригэр 144 миэстэни биэрдилэр. Бу өҥөнөн туһанарга Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатын килийиэннэр сулууспаларыгар тиийиэххэ наада, — диэн Георгий Степнаов кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Звезднай» түөлбэҕэ керлинг тыраассалаах саҥа каток аһылынна

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллыбыт «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка саҥа «Звезднай» түөлбэҕэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көтөр баабыракытыгар үлэ дьыла үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабыракытыгар саҥа үлэ дьыла үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна. Инкубаторияҕа бэйэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиигэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Анал хамыыһыйа «Манчаары оонньууларын” өрөгөй ырыатын талар

СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Марина Силина салалтатынан Таатта улууһугар ыытыллыахтаах успуорт национальнай…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Хаҥалас улууһугар 11-с кылаас үөрэнээччилэрин химия эксээмэнигэр бэлэмниир үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр саҕаланнылар

Түмсүү А.В.Дмитриев аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтии Ой орто оскуолатыгар буолар. Тэрээһиҥҥэ 50-ча үрдүкү кылаас…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыаннай дьайыыга автотиэхиньикэни уонна гуманитарнай көмөнү тиэрдии салҕанан барар

«Патриотическая» ТОР федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, «Якт-Сокол» квадроцикллары уонна «Тимир Ат» электромотоцикллары байыаннай дьайыыга тиэрдии салҕанар.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕынан биир идэлээхтэригэр бэйэтин баҕа санаатын 99 саастаах педагог эттэ

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа буола турар. Биир идэлээхтэригэр бэйэтин баҕа санаатын 99…

4 часа ago