Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр 4 квадроцикл ыытыллыаҕа
Саха сириттэн 4 “ЯКТ-Сокол” квадроцикл байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сулууспалыыр биир дойдулаахтарбытыгар ыытыллыаҕа.
Бүгүн, от ыйын 31 күнүгэр, ол туһунан брифиҥҥэ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар миниистир Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.
“Атырдьах ыйын 2 күнүгэр Москваҕа “АРМИЯ-2024” аан дойдутааҕы байыаннай-тэхиньиичэскэй пуорумҥа Саха сирин дьоно оҥорон таһаарбыт оҥоһуктарын көрдөрүүгэ илдьиэхтэрэ. Пуорум былаһааккатыгар Саха сирэ мотоэлектротиэхиньикэни, генераторнай установкалаах кытаанах эттигинэн уһун кэмҥэ умайар хочуоллары уонна бэйэбит оҥорон таһаарар вездеходтарбытын көрдөрүөҕэ”, — диэн кэпсээтэ миниистир.
Дмитрий Лепчиков иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ ДНӨ Саха сирин байыаннай сулууспалаахтарыгар анаан автотиэхиньикэлээх, аадырыстаах баһыылкалаах, гуманитарнай көмөлөөх массыына тиийбит. Автотиэхиньикэни байыаннай дьайыы байыастарыгар өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ ыыппыттар.
“Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын наадалаах малынан, тэрилинэн эбии хааччыйарга туһаайыллыбыт тэрээһиннэр салгыы ыытыллаллар”, — диэтэ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар миниистир Дмитрий Лепчиков, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: