Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр көмө салгыы оҥоһуллар
Бүгүҥҥү туругунан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап эрдэ бигэргэтиллибит испииһэгинэн уонна түһэрсиллибит хантараагынан байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытын эбии сэбинэн-сэбиргэлинэн, байыанай тэрилинэн, экипировканан хааччыйар.
Ол туһунан бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэhилиэнньэтин олоҕор-дьаhаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччыта Дмитрий Лепчиков брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Кини Тирэх пууннарга исписэлиистэрин миэстэлэрин уларытыы үлэтэ бара турарын бэлиэтээтэ. Итини таһынан уоппускаттан байыаннай чаастарыгар төннөн иһэр байыаннай сулууспалаахтары таҥаһынан-сабынан, экипировканан эбии хааччыйалларын эттэ.
«Бойобуой соругу толорорго туһаныллар байыаннай тиэхиньикэлэри байыаннай чаастар сайаапкаларынан тириэрдиини салгыы ыытабыт», -= диэтэ Дмитрий Лепчиков.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: