Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр саха сэргэтэ турда

Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр саха сэргэтэ турда

07.10.2024, 14:20
Хаартыска: Татьяна Максимова-Лазарева тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөл булчут, балыксыт хоһуун уола  сэргэ туруорда.

«Сиэгэн» позывнойдаах Иван Бугаев нэдиэлэ устата илиитин араарбакка дьаныһан туран, саха быһаҕынан ойуу-оһуор, сурук-бичик түһэрэн саха сэргэтин оҥордо. Сэргэни туруоралларыгар бу күннэргэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр тиийбит эмчит, көрбүөччү, алгысчыт Арчыынаны ыҥыран, сахалыы сиэр-туом оҥортордулар. Дьэ ситинник Запорожскай уобалас Гуляй-Поле куоратын анныгар саха сэргэтин туруоруу долгутуулаах түгэнэ буолан ааста.

«Бу алгыстаах, эйэ сэргэтэ буолар. Сэргэм ойуута-бичигэ сэрии, өй-санаа киирсиитин туһунан элбэҕи кэпсиир. Саха уолаттарын арчылыы, араҥаччылыы, дойдубут тыынын биэрэ турар. Сэргэ аллараа өттүгэр «биэс харах» харысхаллаах«, — диэн кэпсиир Иван.

Бу сэргэни Иван  байыаннай дьайыыга  сырдык дууһата быстыбыт бииргэ төрөөбүт быраатын үтүө аатын кэриэстээн уонна саха омук туһугар туруорда.

«Дойду кыайарын туһугар сахалар элбэх үчүгэйи оҥоробут, сырдык тыыммытын толук уурабыт», — диир «Сиэгэн» позывнойдаах Кэбээйи улууһун чулуу уола.

Татьяна Максимова-Лазарева.

+1
17
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: