Байыаннай дьайыы дьоруойдарыгар быыстапка турда
Дьокуускайга Национальнай бибилэтиэкэҕэ Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ, байыаннай дьайыы дьоруойдарыгар — саллааттарга, миэдиктэргэ, волонтердарга аналлаах быыстапка аһылынна. Быыстапканы «Саллааттар ийэлэрин сүрэхтэрэ» диэн байыастар ийэлэрин өйүүр бырайыак тэрийэн ыытар.
Быыстапкаҕа эдэр бэйиэт, байыаннай дьайыыга сырдык тыынын толук уурбут Василий Рожин айымньылара, биографията, байыаннай дьайыы сирдэриттэн булуллубут сэп-сэбиргэл, туттулла сылдьыбыт тэриллэр, таҥас-сап, «Сунтаар» диэн позывнойдаах Дмитрий Егоров уонна «Ронин» позывнойдаах Николай Романов тус маллара, наҕараадаламмыт докумуоннара, РФ Дьоруойун мэтээлэ уонна да атын Ем. Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы түмэл биэрбит экспонаттара турдулар. Госпиталга сытан тахсыбыт уонна эргиллэн кэлбэтэх буойуннар хаартыскалара ыйаммыттар.
Биир дойдулаахтарбыт дьиҥ патриот буолалларын, дойдуларын туһугар олохторун толук уурбуттарын туоһулуур быыстапкаҕа Василий Рожин, Анатолий Храмов, Сардаана Корякина, Александра Обидина хоһооннорун кытта билсиэххэ сөп.
Байыаннай дьайыыга сырдык тыыннара быстыбыт 15 саха дьоруойун мэтириэттэрэ аан бастакытын уруһуйдаммыттарын көрөбүт. Мэтириэттэри П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы уус-уран училище устудьуоннара уруһуйдаабыттар. Хартыына нөҥүө көрөр эдэр уолаттар аны эргиллэн кэлбэттэрин хантан билиэхтэрэ баарай…
Быыстапка аһыллыытыгар СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын ис бэлиитикэҕэ департаменын салайааччыта Александр Трофимов, быыстапка ааптара Светлана Диодорова-Лаврентьева, полковник Эдуард Фролов, Саха сирин тирэх пуунун чилиэннэрэ Вера Душкевич уонна Николай Мочкин кытыннылар.
Ону таһынан РФ уонна ДНӨ дьоруойа Дмитрий Николаевич Егоров кэргэнэ Надежда Андреева, Саха сирин буойуннарын ааттарын үйэтитэр бырайыак салайааччыта Саргы Корякина, «Эр хоһуун» уордьанынан наҕараадаламмыт, байыаннай дьайыыга хорсуннук охтубут Николай Николаевич Романов эдьиийэ Елена Ильина, Чурапчы улууһун Соловьев нэһилиэгин баһылыга Василий Хомподоев, Чурапчы улууһун физическэй култуураҕа уонна успуорка салалтатын начаалынньыга Дьулустан Егоров, поэт Василий Алексеевич Рожин балтыта Евгения Рожина, саллааттар доҕордоро, бииргэ сулууспалаабыт киһилэрэ Роман Филатов кытыннылар.
Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрэ Саргылана Васильевна Максимова байыастар чугас дьонноругар истиҥ өйөбүл тылларын эттэ.
«Ийэ дойдубут иһин түмсэр ытык иэстээхпит. Национальнай бибилэтиэкэ үйэ кэриҥэ дойдубут бары историческай кэрдиистэрин тэҥҥэ туораан кэллэр. Бүгүн даҕаны туора туран хаалбаппыт, аан дойдуга туох буола турарын дьоҥҥо-сэргэҕэ сөптөөхтүк тиэрдиэх тустаахпыт. Онон анал байыаннай дьайыы туһунан киэҥ эйгэҕэ кэпсиэхтээхпит, дьоммутун өйүөхтээхпит», — диэтэ.
Боотурдар гимнэрин, «Боевое братство» диэн ырыаны гитаранан доҕуһуоллатан ырыа ааптара, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, «Дакота» диэн позывнойдаах, Барс-2 батальоҥҥа сулууспалаабыт Артур Замятин ыллаата.
Тэрээһиҥҥэ патриотическай хоһооннор ааҕылыннылар, санааны көтөҕөр ырыа ылланна. Байыастар аймах-билэ дьоно, бииргэ сулууспалаабыттара истиҥ ахтыыларын, махтал тылларын эттилэр.
Олохторун толук уурбут дьоммутун үйэтитээри уонна билигин сулууспалыы сылдьар Аҕа дойду көмүскээччилэрин ытыктаан туран бу быыстапка тэрилиннэ. Тэрээһин аһыллыытыгар 300-чэкэ киһи сырытта.
Быыстапка Национальнай бибилэтиэкэ сүрүн дьиэтигэр иккис этээскэ турар.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: