Психологтар өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумнарын чэрчитинэн нэдиэлэни быһа Саха сиригэр араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Дьокуускайдааҕы психологическай киин улуустарга миэстэтигэр тиийэн семинардары, маастар-кылаастары тэрийдэ.
Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, Арассыыйатааҕы психолог күнүгэр аналлаах сүрүн тэрээһиннэр чэрчилэринэн «Байыаннай дьайыы кэмигэр нэһилиэнньэҕэ социальноай-психологическай көмөнү оҥоруу» диэн семинар-практикум буолан ааста.
«Саха сирэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар психологическай көмөнү бастакынан саҕалаабыт эрэгийиэн буолар. Бүгүҥҥү тэрээһиннэргэ киирбит этиилэри резолюцияҕа киллэрэн, салгыы бу хайысхаҕа үлэлиирбитигэр туһаныахпыт», — диэн эттэ Дьиэ кэргэни уонна ыччаты өйүүр социальнай-психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин.
Дьокуускайдааҕы психологическай киин диагностыыр-коррекциялыыр отделын сэбиэдиссэйэ Лена Авелева байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары үлэтин кэпсээтэ.
«Билигин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр түөрт бөлөх тэрилиннэ. Бастаан 2022 с. алтынньытыгар тэриллэрбитигэр 18-23 саастаах байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттардаах төрөппүттэри кытары үлэлээбиппит. Бастаан ийэлэр өйдөрө-санаалара ыһыллан, утуйар уулара көтөн, дьарҕарбыт ыарыылара көбөн ылыналлара ыарахан этэ. Оҕолорун, кэргэттэрин кытары сибээстэрин сүтэрэн айманаллара. Хас биирдиилэрин кытары үлэлээн, бастаан нэдиэлэ аайы көрсөр этибит. Кинилэргэ биһиги бастакы сорукпут — эрэли үөскэтии этэ. Онон бастакы бөлөхпүт хантараагынан сулууспалыы сылдьар уолаттар ийэлэрин бөлөҕө буолбута. Ол кэннэ сураҕа суох сүппүт уолаттар аймахтарын бөлөҕүн тэрийбиппит. Билигин өйөбүл түөрт бөлөҕө баар. Кэлин бөлөхтөрү тэрийэн, аралдьытар маастар-кылаастары, айылҕаҕа хаамыыны, о.д. тэрээһиннэри ыытабыт. Манна психологтар эрэ буолбакка, миэдиктэр көмөлөрө эмиэ наада», — диэн кэпсээтэ кини.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи писхологическай киин үлэһиттэрэ семинарга билигин 23-с психологтар биригээдэлэрэ байыаннай дьайыы зонатыгар үлэлии сылдьарын кэпсээтилэр. Хомойуох иһин, маннык көмөнү, өйөбүлү ылыахтарын баҕарбат дьон эмиэ баалларын эттилэр. Онон биһиги иннибитигэр маннык дьоҥҥо көмөлөһөр, тылларын ылыннарар байыаннай дьайыыны ааспыт лиидэр наадатын бэлиэтээтилэр.
Биһиги байыаннай дьайыыга эрэ утарыта киирсии бара турар дии саныыбыт, ол эрээри эйэлээх олоххо эмиэ кырата суох кыһалҕа баар. Байыаннай дьайыыттан кэлбит биир дойдулаахтарбыт күннээҕи олоххо, дьиэ кэргэттэригэр төннөллөрө биир ураты кыһалҕанан буолла. Дойдуларыгар эргиллэн кэлбит байыастар мунньуллубут ыар санааларын-оноолорун, уйулҕалара хамсааһынын кытта охсуһаллар. Байыастар олоххо миэстэлэрин булбакка, бэйэлэрэ эрэ буолбакка, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ эмиэ эрэйдэнэллэр. Онуоха биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-психологическай кииммит психологтара күүс-өйөбүл буолаллар.
Психологтар этэллэринэн, сэрии психикаҕа улахан дьайыыны оҥорор, ол уоту ортотунан ааспыт, күн аайы өлүүнү көрбүт киһи майгытын-сигилитин, быһыытын-таһаатын уларытар. Хомойуох иһин, сорох киһи ону кытары охсуһар кыаҕа суох буоллаҕына, улахан ыар сүгэһэр буолар. Сүрүн биричиинэтэ, кыргыһыыга киһи күһэлэҥ быһыытынан, туох баар күүһүн-уоҕун түмэн, айылҕатын утаран, бэйэтин наадатын умнан туран киирэр. Оттон дойдутугар кэлэн ол суох буолан хаалан, аны этэ-сиинэ, өйө-санаата ону көрдүүр курдук буолар. Өрөспүүбүлүкэ психологтарыгар бүгүн олус туһалаах үөрэҕи аастылар, билиини ыллылар.
Уопуттаах психологтар, миэдиктэр анал байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ комплекснай көмөнү оҥоруу кистэлэҥнэрин үллэһиннилэр.
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…
Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар. Бу туһунан…
Сэтинньи 21 күнүгэр РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемаларыгар институкка…