Байыаннай дьайыы кыттылаахтарыгар психологическай көмөнү оҥоруу үлэтэ салҕанар
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологическай көмөнү оҥоруу үлэтэ салҕанар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ психологическай киин исписэлиистэрэ 173 саҥа уонна хаттаан киирбит этиилэринэн үлэлээтилэр. 224ча кэриҥэ биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн психологическай үлэ көрүҥэ ыытылынна. Бу туһунан алтынньы 18 күнүгэр киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
«Психологтар сүрүн эппиэтинэстэрэ суһаллык профессиональнай көмөнү оҥорууга сытар, ордук байыаннай дьайыыттан төннүбүттэри, ону тэҥэ бааһырбыттары кытта үлэлэһиигэ сытар. Хас биирдии киһи тус туругун учуоттаан психологическай көмөнү оҥороллор. Аймахтарын, чугас дьоннорун кытта үлэ туһунан этэр буоллахха, долгуйууну, стресстэн, эрэйи- муҥу көрүүнү, ону тэҥэ дезориентация туругун бэрэбиэркэлииргэ ураты болҕомто ууруллар. Исписэлиистэр кэлбит дьон үгүһэ эмоциональнайдык сабыылаах буолууларын, дьонтон туора сылдьалларын бэлиэтииллэр», — диэтэ Владимир Скрябин. Кини көмөнү оҥоруу анонимнай уонна конфиденциальнай буоларын бэлиэтээтэ. Көмөнү ыларга докумуон ирдэммэт, психиатрическай учуокка туоруорбаттар.
Өйөбүлү 31-91-09 нүөмэргэ эрийэн ылыахха сөп. Ону тэҥэ суукканы эргиччи үлэлиир төлөпүөн нүөмэрэ: 8 800 100-35-50.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: