Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа – Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин суоппара
«Защитники Отечества» пуонда филиалыгар уонна мин социальнай сүрүннээччибэр Елена Владимировнаҕа көмөлөрүн, өйөбүллэрин уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ураты истиҥ сыһыаннарын иһин барҕа махтал!» — диир Алексей.
Салгыы кини «С» категорияҕа, ону таһынан бульдозеристка үөрэнэр былааннаах. «Защитники Отечества» пуонда Саха сиринээҕи филиала көмөлөһүө.
Алексей Сунтаар улууһуттан төрүттээх. Кини сулууспа кэнниттэн «Защитники Отечества» пуонда филиалыгар байыаннай дьайыы бэтэрээнэ дастабырыанньатын боппуруоһунан тиийэ сылдьыбыта, онно киниэхэ социальнай сүрүннээччинэн Елена Бережнованы анаабыттара.
Социальнай сүрүннээччитэ көмөлөһөн доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлэппитэ уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ доруобуйатын чэбдигирдибитэ, ый аайы төлөнөр төлөбүргэ докумуон толорсубут.
Ол кэнниттэн социальнай сүрүннээччитэ киин куорат Дарыктаах буолуутун киинигэр үлэ көрдөөччү быһыытынан учуокка турарга көмөлөспүт, салгыы Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтигэр үлэлии киирбит диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: