Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Ленскэйгэ патриотизм уруогун ыытыаҕа
Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Ленскэйгэ патриотизм уруогун ыытыаҕа. Ол курдук, Виктор С. байыаннай дьайыыга хантараагынан сулууспалаан баран дойдутугар Ленскэйгэ төннүбүтэ. Кини оройуон Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр үлэ көрдөөн тииийбитэ.
Виктор Алексеевич Ленскэйдээҕи технологическай техникумҥа патриотическай уруоктары ыыта сылдьыбытын туһунан кэпсээбит.
«Бу үлэни мин олус сөбүлүүбүн. Үөрэнээччилэри уонна ыччаты Аҕа дойдуларын иннигэр бэриниилээх буолалларыгар патриотизм тыыныгар иитиэххэ наада», – диэн Виктор этэр.
Дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Ленскэйдээҕи технологическай техникум бэрэстэбиитэллэрин кытта сибээстэһэн баран, Виктор Алексеевиһы үлэҕэ ылыы боппуруоһа быһаарыллыбыта. Бүгүн Виктор С. номнуо үлэҕэ ылылынна. Олунньуттан кини техникумҥа үлэтин саҕалыаҕа.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээн эппитин курдук, хас биирдии эрэгийиэҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыыга бары кыаҕы уурар ирдэнэр: «Байыаннай дьайыыга инники кирбиигэ сылдьар биһиги уолаттарбыт, дьоруойдарбыт өйөбүлү, үлэлиир кыахтаахтарын, бэйэлэрин чугас дьоннорун хааччыйар кыахтаахтарын өйдүөхтээхтэр».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: