Хаартыска: yakutskcity.ru
Бэҕэһээ «Алмаасэргиэнбаан» офиһыгар байыаннай дьайыы кыттыылааҕар Дьокуускай куорат уонна куорат таһынааҕы маршруттарга оптуобуһунан босхо айанныырга социальнай каартаны туттардылар.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕар олоҕуран, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уопсастыбаннай тырааныспарынан босхо айанныылларын туһунан быһаарыныы ылыммыта.
2023 сыл атырдьах ыйын 31 күнүттэн уопсастыбаннай тырааныспарынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ босхо айанныылларыгар субсидиялааһын туһунан уураах олоххо киирбитэ диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Туһааннаах докумуоҥҥа олоҕуран, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ «Алмаасэргиэнбаан» офиһыгар тиийэн сайабылыанньа суруйан, социальнай каарта ылыахтарын сөп», — диэтэ «Организатор пассажирских перевозок» МКУ салайааччыта Эдуард Садовников.
Бааҥҥа сайабылыанньаны кытары пааспар, СНИЛС уонна 3х4 кээмэйдээх хаартыска ирдэниллэр.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…
Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…