Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын аҕата Владимир Путиҥҥа этии киллэрдэ

Share

Биэнсийэлээх Иван Чорду Дьокуускайга баар Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайыгар кэлэн,  байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуларын көмүскүү сылдьар байыастар төрөппүттэрин уонна чугас дьоннорун өйүүр туһунан көҕүлүүр этии киллэрдэ.

Кини этиитин Саха сиригэр Владимир Путин итэҕэллээх киһитэ Валерий Лютай ылла. Валерий Алексеевич бэйэтэ байыаннай дьайыы бэтэрээнэ уонна Афганистан бэтэрээннэрин сойууһун салайааччыта. Кини уопсастыбаннай үлэтин чэрчитинэн араас сыллардааҕы байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин кытары үгүстүк көрсөрө, ону сэргэ билигин  байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары көрсүһэр.

Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ, чуолаан, тыа сиригэр чааһынай дьиэҕэ олороллор. Кэргэттэрэ  байыаннай дьайыыга барбыттарын кэннэ үгүс дьахтар оҕолорун кытта итиэннэ кырдьаҕас төрөппүттэр ыарахан үлэни толорорго – хаары күрдьүүгэ уонна таһыыга, оту-маһы бэлэмнээһиҥҥэ, оһоҕу отторго, бэйэлэрин харыларын күүһүгэр эрэ эрэнэргэ тиийбиттэрэ. Маннык тыа сиригэр дьиэ ис-тас үлэтин киһи эрэ бары кыайбат. Былырыын өрөспүүбүлэҕэ өрүстэр халааннаабыттарын Чорду санатар. Үгүс ыал дьиэтигэр-уотугар, тэлгэһэтигэр уу киирбитэ. Волонтердар көмөлөспөтөхтөрө буоллар, оҕолорун кытары аҥаардас хаалбыт ийэ уонна кырдьаҕас ыаллар, соҕотохтуу олорор аҕам саастаах дьон маннык иэдээни хайдах даҕаны аһарыныа суох этилэр.

Иван Чорду  байыаннай дьайыы кытыылааҕын дьиэ кэргэнигэр оҥоһуллар көмө тиһиктэхтик барыахтааҕын уонна чопчу кыһалҕалаах дьоҥҥо барыларыгар тэҥник оҥоһуллуохтааҕын этэр.

Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайа 2023 с. ахсынньытыттан үлэлиир. Манна волонтердар олохтоохтор этиилэрин ылан салгыы дойду бэрэсидьиэнигэр хандьыдаат Владимир Путиҥҥа тиэрдэллэр.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэй улууһугар дьахтар эр киһини өлөрбүт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр нацбырайыактарынан 170 эбийиэк тутуллубут

Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…

18 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хаҥалас трассатыгар суоппар кыыһы быыһаатылар

Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…

33 минуты ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар

Айар бырайыак сүрүн бирииһэ — Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ

Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»

Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Эдьигээҥҥэ аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ кэккэ соруктары туруорда

Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…

2 часа ago