Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын бигэргэтэр ыспыраапканы электроннай көрүҥүнэн биэриэхтэрэ

Share

Сэтинньи 1 күнүтэн  байыаннай дьайыыга кыттыбыт Арассыыйа байыаннай сулууспалаахтара, атын биэдэмистибэлэр үлэһиттэрэ, баҕа өттүнэн барбыттар байыаннай дьайыыга кыттыбыттарын бигэргэтэр ыспыраапкаларын электроннай көрүҥүнэн ылар кыахтаныахтара.

Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов  алтынньы 14 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, маннык ыспыраапкалар сэтинньиттэн Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар баар буолуохтара.

«Маннык ыспыраапкалар сэтинньиттэн Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар уонна судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥөлөр ханнык баҕарар элбэх хайысхалаах кииннэригэр баар буолуохтара. Онуоха ыспыраапканы кумааҕынан эбэтэр электроннай көрүҥүнэн байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин чилиэнэ буоларын бигэргэппиттэр эмиэ ылар кыахтаныахтара”, —  диэн вице-премьер быһаарда.

Георгий Степанов аадырыстаммыт көмөлөр тустарынан кэпсээбитинэн, Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 143 дьиэ кэргэнэ олорор дьиэтигэр гааска холбонно, 461 төрөппүт санаторийга-курортка эмтэннэ, 344 киһи байыаннай дьайыы кыттыылааҕа эмтэнэр сиригэр барарга үбүнэн-харчынан көмөнү ылла. Байыаннай дьайыы 850 кыттыылааҕа уонна дьиэ  кэргэттэр 1556 чилиэннэрэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр доруобуйаларын чэбдигиртилэр.

572 киһи, ол иһигэр байыаннай дьайыы 176 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 396 киһи, дьарыктаах буолуу кииннэриттэн үлэ буларга көмө көрдөөтө.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

9 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

9 часов ago