Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар үлэ буларга көмөлөһөллөр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьарыктаах буолуу кииннэригэр сыл саҥатыттанбайыаннай дьайыы 17 кыттыылааҕын уонна кинилэр 18 дьиэ кэргэннэрин үлэнэн хааччыйдылар.
Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин отделын салайааччыта Марианна Заровняева брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. Кини ааспыт сыл кулун тутартан «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда филиалын кытта сөбүлэҥ түһэрсэн үлэ барарын бэлиэтээтэ.
— Быйыл кулун тутартан «Свои» диэн кулуубу тэрийбиппит. Манна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар дьоҕус үлэ дьаарбаҥкатын тэрийбиппит. Итиэннэ кинилэр оҕолоругар туһуламмыт идэни сөптөөхтүк талыы үлэтин ыыппыппыт. Онно анаан Дьокуускайдааҕы Мэдиссиинискэй кииҥҥэ профтур тэрийбиппит — диэн бэлиэтээтэ Марианна Заровняева.
Ити курдук, Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар үлэ буларга тустаах үлэ ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: