Хаартыска: СИА
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын, уйулҕаларын чөлүгэр түһэрии тиһиктээхтик барыахтаах диэн бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ кэпсээтэ.
«Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии үлэтэ бары хайысханан: эт-хаан эчэйиитин кэнниттэн мэдиссиинэ көмөтүн ылыы, уйулҕаны көннөрүү, үлэҕэ сыһыарыы, уо.д.а. хайысханан үлэлэһии соруга турар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр маныаха тиһиктээх үлэ барар. Итини таһынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр эмиэ сөптөөх көмөнү оҥоруохтаахпыт. Бүгүҥҥү туругунан байыаннай дьайыы 354 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ доруобуйаларын чэбдигирдиини, мэдиссиинэ уонна уйулҕа көмөтүн ыллылар», — диэн Айсен Николаев эттэ.
Бу хайысхаҕа үлэ салҕанан барар. Кыайыы кэнниттэн байыастар маассабайдык кэлиэхтэрэ, онон эрдэттэн дьаһанан кэлэр өттүгэр эмиэ сөптөөх үлэ ыытыллар.
«Сөптөөх мэдиссиинэ уонна уйулҕа көмөтүн ыланнар байыаннай дьайыы кыттыылаахтара олоххо миэстэлэрин түргэнник булуо этилэр», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Хаҥалас улууһун борокуратууратын бэрэбиэркэтин түмүгэр, улуус дьаһалтата бэдэрээччиккэ успуорт былаһааккатын тутууга аспаал-бетон бүрүөһүнүн тэлгээһин уонна…
От ыйын 9 күнүгэр Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар 9 суол саахала бэлиэтэннэ, онтон бииригэр биир киһи…
Саха сиригэр сир аһын маассабайдык хомуйуу болдьоҕо бигэргэннэ. Ол курдук, от ыйын 10 күнүттэн хас…
Сэрэдэҕэ, от ыйын 9 күнүгэр, Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ…
«Медведь» позывнойдаах Алексей Петров РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сыл от ыйын 6 күнүнээҕи Ыйааҕынан…
СӨ Бырамыысыланнас уонна геология миниистирэ Максим Терещенко 2025 сыл от ыйын 10 күнүгэр, чэппиэргэ, СӨ…