Салгыы
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар чөлүгэр түһэрии үлэтэ салҕанар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар чөлүгэр түһэрии үлэтэ салҕанар

06.06.2024, 15:48
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ Инбэлииттэри биир кэлим чөлүгэр түһэрии өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ чөлүгэр түһэрии мэдиссиинэ көмөтүн аастылар.

“Биһиги кииммитигэр  уопсайа байыаннай дьайыы 271 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 229 чилиэнэ чөлүгэр түһэриини аастылар”, — диэн бэс ыйын 6 күнүгэр буолбут брифиҥҥэ Инбэлииттэри биир кэлим чөлүгэр түһэрии өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр киин дириэктэрэ Асида Алексеева бэлиэтээтэ.

Киин “Сомородок” бассейны кытта бииргэ үлэлэһэр, манна реабилитаннарга гидрокинезотерапия ньыматынан дьарыктыыллар. Ону тэҥэ Арчы дьиэтигэр өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтүүгэ, уоскулаҥы ылыыга алгыс сиэрэ-туома оҥоһуллар.

Тэрилтэҕэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр сүбэ-ама биэрэллэр. Уопсайа араас биэдэмистибэлэри уонна тэрилтэлэри кытта 45 көрсүһүү ыытылынна. Бу миэрэлэр бииргэ үлэлииргэ көмөлөһөллөр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна  Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: