Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар дьоһуннаах өйөбүл оҥоһуллар
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Доруобуйаны бөҕөргөтөр, инбэлииттэри кэлимник эмтиир кииҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин көрөллөр-истэллэр.
Былырыын от ыйыттан кииҥҥэ байыаннай дьайыы 147 кыттыылааҕа уонна 108 кинилэр дьиэ кэргэттэрэ доруобуйаларын бөҕөргөттүлэр. Бу туһунан бүгүн брифиҥҥэ киин салайааччыта Асида Алексеева иһитиннэрдэ.
«Кииҥҥэ сылдьыбыт дьону кытта биирдиилээн уйулҕаларын тупсарыыга үлэлэһэбит, эмтиибит, эбии идэни ылыахтарын баҕарар буоллахтарына кэккэ сүбэлэри биэрэбит эбэтэр идэлэрин таһымын үрдэтэргэ үлэлэһэбит», – диэн бэлиэтээтэ Асида Алексеева.
Маны таһынан, киһиэхэ күүһү, эрэли, дууһа уоскуйуутун түстүүр «Арчы» дьиэтигэр ыытыллар сиэр-туом, алгыс көдьүүстээх өйөбүлү оҥороллор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: