Салгыы
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гааһы киллэриигэ өйөбүл оҥоһуллар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гааһы киллэриигэ өйөбүл оҥоһуллар

19.09.2024, 15:30
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

42 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ олорор дьиэни гаастааһыҥҥа үп-харчы көмөтүнэн туһаннылар.

Бу туһунан  СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.   Үп-харчы көмөтүгэр олорор дьиэҕэ гааһы киллэрэр турба, гаас турбатын тутуу, гаас хочуолунайа, оһох, счетчик, радиатор, тимири уо.д.а.  атыылаһыы ороскуоттара киирэллэр. “Биирдиилээн олорор дьиэни гаастааһыҥҥа 150 тыһыынча солкуобайга диэри суумалаах кыаммат дьоҥҥо уонна сорох чэпчэтиинэн туһанар категориялаах гражданнарга биир кэмнээх аадырыстаах үп-харчы көмөтө оҥоһуллар”, — диэн бэлиэтээтэ миниистир.

Биирдиилээн олорор дьиэни гаастааһыҥҥа көмө үбү көрүү туһунан сайабылыанньаны муниципальнай оройуон эбэтэр куорат уокуругун дьаһалтатыгар, ону тэҥэ олорор эбэтэр олорор сиринэн нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениетыгар биэриэххэ сөп.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 95% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: