Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө саҥардылынна
Алтынньы 30 күнүнээҕи брифиҥҥэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Ил Дархан алтынньы 23 күнүгэр саҥа ыйаахха илии баттаабытын туһунан санатта. Ыйаах аата — «О мерах поддержки участников специальной военной операции и членов их семей в период проведения специальной военной операции» диэн.
Бу ыйаахха байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр көмө миэрэлэрэ систиэмэлэннилэр уонна саҥа миэрэлэр баар буоллулар диэн вице-премьер эттэ.
— 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн көмө саҥа миэрэлэрэ киириэхтэрэ. Холобур, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара хомунаалынай өҥөҕө хапытаалынай өрөмүөн иһин усунуос аҥаарын эрэ төлүөхтэрэ. Оттон кинилэр оҕолоро судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэргэ спортивнай сиэксийэлэргэ дьарыктанар буоллахтарына, босхо спортивнай таҥаһынан хааччыллыахтара, — диэн кини эттэ.
Бу сыл сэтинньи 1 күнүттэн байыаннай дьайыы кытыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ култуура тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар чэпчэтиинэн туһаныахтара. Оҕолоро оскуолаларга күнүскү өттүгэр «продленкаҕа» сылдьар буоллахтарына, төлөбүртэн босхолоноллор.
Күнүстэри-түүннэри үлэлиир уһуйааннарга оҕолоро бастакы уочарат сылдьыахтарын сөп. Ону тэҥэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро баҕардахтарына, дьиэлэрин аттыгар баар оскуолаҕа көһөр бырааптаналлар. Эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай тэрилтэлэргэ куруһуоктарга уонна спортивнай сиэксийэлэргэ босхо сылдьаллар.
Георгий Степанов иһитиннэрбитинэн, алтынньы 30 күнүнээҕи туругунан, 52 дьиэ кэргэҥҥэ дьиэҕэ гааһы киллэриигэ көмө оҥоһуллубут. Байыаннай сулууспалаах эмтэнэ сытар сиригэр тиийэргэ дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ — 189 киһи харчынан көмөнү ылбыттар. 352 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ — 610 киһи доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр реабилитацияны ааспыттар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ — 144 киһи сонотуоруйга-куруорка эмтэммиттэр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: