Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө тохтообот
#МЫВМЕСТЕ аахсыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаабын волонтердара Саха сирин барытын хабан үлэлииллэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэриттэн киирбит 5300-тэн тахса көмөлөһөргө диэн аналлаах сайаапканы толордулар.
Бу туһунан доброволецтар ыстааптарын салайааччы Айыллаан Винокуров иһитиннэрдэ. «Бүгүҥҥү күҥҥэ ыстаап күүскэ үлэлии олорор. «Блиндажная свеча» диэн аахсыйа түмүктэннэ, барыта 2 тыһ. тахса хомулунна. Нам улууһун волонтердара, тэрилтэлэр исписэлиистэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кытыннылар», — диэн эттэ.
Волонтердар, доброволецтар байыастарга гуманитарнай таһаҕаһы тиэрдиигэ, таҥаһа-сабы тигиигэ көхтөөхтүк кытталлар.
«#МЫВМЕСТЕ өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаап «Своих не бросаем» диэн аахсыйанан байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга таҥаһы-сабы тигиини тэрийбитэ. Дьокуускай куоракка Орджоникидзе уулусса 10-гар байыаннай пуорманы тигиигэ таҥас матырыйаалы хомуйууну саҕалаатыбыт», — диэн Айыллаан Винокуров иһитиннэрдэ.
Байыаннай дьайыы кыттааччыларыгар гуманитарнай көмөнү оҥоруу аадырыһа: Дьокуускай куорат, Орджоникидзе уул. 10. Пуун үлэлиир кэмэ: 10:00 чаастан 19:00 диэри, өрөбүлэ суох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: