Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар психологическай көмө тиһигэ тохтообокко ыытыллар

Share

Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологическай көмө тиһигэ тохтообокко ыытыллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ 830 биирдиилээн дьоҥҥо уонна бөлөҕүнэн үлэ ыытыллыбыт. 

Бу туһунан бүгүн  Саха сиринээҕи психологическай киинин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтээн эппитинэн, тустаах үлэ үксүн Доннааҕы Ростов куоракка баар госпиталга сытар байыаннайдарга уонна Дьокуускайга ыытыллыбыт. Дьиэ кэргэни кытта үлэҕэ ордук биирдиилээн кэпсэтии ордук эбит, дьиэ кэргэн терапията, долгуйууну устуу диэннэри ааһаллар. Байыаннай дьайыыттан сылдьан кэлбиттэртэн чөл олоҕу тутуһааччылар уонна психолог өҥөтүн туһаммыттар, ол эбэтэр тустаах исписэлиистэр эрэкэмэндээссийэлэрин толору ылыммыттар бары өттүнэн сөптөөх  улахан көдьүүһү ылаллар.

Санатар буоллахха, байыаннай дьайыыттан кэлбиттэри СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин иһинэн  Өрөспүүбүлүкэтээҕи  психологическай кииҥҥэ  (аадырыстара: Курашов уулусса 36), ону тэҥэ, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуондатын филиалыгар (аадырыстара: Ойуунускай уул. 41/1) уонна улуустарга баар тустаах филиалларга күүтэллэр.

Санатар буоллахха, тустаах сүбэ-ама биэрии босхо ыытыллар. Тустаах сүбэ-ама атын туоһута суох (анонимно) эмиэ ыытыллыан сөп. Оннук кэпсэтии төлөпүөнүн нүөмэрэ: 8-800-100-35-50. Ону тэҥэ, интэриэһиргиир ыйытыыларгытын 31-91-09 диэн нүөмэргэ эрийэн биэриэххитин сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

50 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

2 часа ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

2 часа ago