Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр 11 тыһыынчаттан тахса көмө оҥоһуллубут
03.04.2023, 13:57
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уопсайа 10 984 араас хабааннаах көмө оҥоһулунна. Бу туһунан бүгүн брифинг кэмигэр вице-премьер Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
Вице-премьер бэлиэтээн эппитинэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, ол иһигэр мобилизованнайдарга, байыаннай сулууспалаахтарга, хантараагынан сулууспалыы сылдьааччыларга араас чэпчэтии көрүллэр.
«Үлэ кодексыгар сурулларынан, мобилизацияланан барбыт киһи үлэтиттэн ууратыллыбат. Арай үлэ дуогабара тохтотуллан баран, үлэтин миэстэтэ оннунан хаалар. Дуогабар тохтотуллубут да кэмигэр үлэ ыстааһа ааҕылла турар», – диэн кини эттэ.
Георгий Степанов ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев, бэйэтин ыйааҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар социальнай көмө эбии миэрэлэрин бигэргэппитин туһунан санатан эттэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: