Салгыы
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна оҕолоругар көмөнү оҥоруу салҕанар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна оҕолоругар көмөнү оҥоруу салҕанар

Ааптар:
28.02.2024, 18:15
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Олунньу 28 күнүгэр Үөрэх уонна билим миниистирин солбуйааччы Виктория СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр оҕолоругар көмөнү оҥоруу салҕанарын бэлиэтээтэ.

Виктория Захарова 2023 сыл сэтинньи 1 күнүттэн үөрэх эйгэтигэр социальнай өйөбүл 11 дьаһалынан оҥоһулларын иһитиннэрдэ.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ 1589 ыал оҕо уһуйаанын төлөбүрүттэн босхолоннулар. 1593 үөрэнээччи 5-11 кылаастарынан  оскуолаларга итии аһылыгынан хааччыллаллар. 32 дьиэ кэргэн оҕо уһуйаанын чугастыы олорор сирдэригэр көһөрүүгэ быраабынан туһанна. 561 устудьуон үрдүкү уонна орто профессиональнай үөрэх тэрилтэлэригэр анал истипиэндьийэлэр олохтоннулар», – диэн бэлиэтээтэ миниистир.

Ону таһынан, 763 оҕо эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларыгар босхо дьарыктаналлар.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: