Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 111 дьиэ кэргэнигэр дьиэлэрин гааска холбоноллоругар көмөлөстүлэр
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыытын министиэристибэтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл дьаһалларын салгыы оҥорор диэн СИА иһитиннэрэр.
Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин өйөбүлүнэн байыаннай сулууспалаахтар санаторийдарга, куруортарга доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр, эмтэнэллэр уонна чааһынай дьиэни ититиигэ холбууллар. Бу туһунан миниистири бастакы солбуйааччы Альбина Трубина иһитиннэрдэ.
Байыаннай дьайыы 1265 кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ Үлэ министиэристибэтин тэрилтэлэригэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрдилэр. Итинтэн 480 киһи туһулуур үлэ өҥөтүн ыллылар уонна 62 киһи анал үөрэҕи аастылар.
«Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэригэр 60 тыһыынча солкуобайга диэри санаторнай-курортнай эмтэниигэ ороскуоттара уонна путевкаларын төлөбүрүн 80% аванса быһыытынан төлөнөр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ үгүстүк өрөспүүбүлүкэ иһигэр баар чэбдигирдэр тэрилтэлэри талаллар», –диэн эттэ Альбина Трубина.
Оттон байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 111 дьиэ кэргэнигэр дьиэлэрин гааска холбоноллоругар көмөлөстүлэр.
«Өйөбүл дьиэ кэргэн биир киһиэхэ тиксэр дохуотун учуоттаабакка оҥоһуллар уонна 150 тыһыынча солкуобайга диэри төлөнөр. Ону тэҥэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр олорор дьиэни киин ититиигэ холбуурга 125-тэн 140 тыһ. солк. тиийэ уонна уокка холбонорго 50 тыһ. солк. көрүллэр. Өйөбүл миэрэлэрин туһанарга, олорор сиргитигэр эбэтэр судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар Социальнай хааччыйыы управлениетыгар сибээстэһиэххитин наада», — диэн миниистири солбуйааччы бэлиэтээн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: