Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 358 төрөппүтэ санаторийга эмтэннэ
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин социальнай өттүнэн өйүүр кэккэ дьаһаллар бааллар, ол иһигэр Арассыыйа иһигэр санаторийга-курорка эмтэнии киирэр диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кини дьиэ кэргэнэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр олорор буоллаҕына, үс сылга биирдэ маннык сынньанар кыахтаах. Бу туһунан үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ.
«Байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэригэр (эпэкииннэригэр) санаторнай-курортнай эмтэниигэ путевка сыанатын быһыытынан төлөнөр, ол гынан баран 60 тыһ. солк. тахсыа суохтаах», – диэн эттэ Елена Волкова.
Бүгүҥҥү туругунан санаторнай-курортнай эмтэниинэн 358 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын төрөппүтэ туһанна. Балартан аҥардара Саха сирин иһигэр эмтэниини аастылар. Үгүс киһи «Чэбдик», «Абырал» профилакторийдарга эмтэннэ. Оттон өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр Москваҕа «Бэс Чагда» санаторийга ордордулар. Итини таһынан Краснодарскай, Ставропольскай уонна Алтайскай кыраайдарга, Новосибирскай уобаласка сынньанан-эмтэнэн кэллилэр.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын төрөппүтэ эмтэнэ барарыгар путевкатын толуйууга докумуонун Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ туттарыан эбэтэр Госуслуга порталыгар e-yakutia.ru сайабылыанньа суруйан ыытыан сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: