Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 400 оҕолоро бастакы кылааска киирдилэр

Share

Саха сиригэр саҥа үөрэх сылыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 400 оҕолоро бастакы кылааска үөрэнэ киирдилэр.

Бу туһунан Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунова иһитиннэрдэ. «Быйыл барыта 15 268 бастакы кылаас үөрэнээччилээхпит, олортон 398-һа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро. Кинилэр бары олорор сирдэринэн чугас оскуоланан хааччылыннылар уонна саҥа үөрэх дьылын саҕалаатылар«, — диэн Алевтина Аргунова бэлиэтээтэ.

Миниистири солбуйааччы иһитиннэриитинэн, бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 5-11 кылаас 1954 оҕолоро итии аһылыгынан хааччыллаллар. Ону кытта начаалынай кылаас үөрэнээччилэрэ бары итии аһылыгынан хааччылыннылар.

Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр оҕолор интэриэстэрин уонна талааннарын сайыннарарга хаачыстыбалаах айар үлэнэн дьарыктанар саҥа кыахтар үөскээбиттэрэ. Саҥа миэстэлэр эбии үөрэхтээһин сүрүн хайысхаларынан барытын хабар. «Эбии үөрэхтээһин дьарыктарын хайысхатын арааһа оҕо бэйэтэ сөптөөх дьарыгы буоларыгар көмөлүүр. Балаҕан ыйын саҥатыттан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын  788 оҕолоро эбии үөрэхтээһиҥҥэ дьарыктаналлар», — диэн түмүктээтэ үөрэх министрин бастакы солбуйааччы.

Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан, Саха сирин үөрэҕин тиһигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр оҕолоругар 11 социальнай өйөбүл  оҥоһуллар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

11 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

12 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

12 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

14 часов ago