Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ гааһы киллэттэриигэ көмө ылаллар

Share

Атырдьах ыйын 12 күнүнээҕи брифиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов санаппытынан, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, кинилэри кытта бииргэ олорор дьиэ кэргэттэрэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ төһө дохуоттаахтарыттан тутулуга суох чааһынай дьиэлэригэр гааһы киллэрэллэригэр, кииннэммит ситимҥэ уонна уотунан ититиини холботтороллоругар биир кэмнээх аадырыстаах матырыйаалынай көмөнү ылар бырааптаахтар, өскөтө холбонорго тиэхиньиичэскэй усулуобуйалара барыта баар буоллаҕына.

Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.

 

“Ороскуот испииһэгэр гаас ситимин тутуу, олорор дьиэҕэ ититэр ситими тардыы, ол иһигэр наадалаах оборудованиены атыылаһыы, холботторуу, ититэр ситими таҥыы (монтаж) киирэллэр. Көмө саамай улахан кээмэйин сыаната бачча буолар: гааһы киллэриигэ — 150 тыһ. солк. диэри, кииннэммит итиигэ холбонуу — 140 тыһ. солк. диэри, уотунан ититиини холботторууга — 50 тыһ. солк. диэри. Матырыйаалынай көмөнү оҥорторорго муниципальнай тэриллии дьаһалтатыгар эбэтэр олорор сиргитинэн куораттааҕы уокурук управатыгар тиийэн этэҕит”, – диэн быһаарда Георгий Степанов.

Вице-премьер эппитинэн, Саха сиригэр байыаннай сулууспалаахтарга – байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр өйөбүл оҥоһулла турар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

2 часа ago