Салгыы
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ кииҥҥэ эмтэннилэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ кииҥҥэ эмтэннилэр

03.10.2024, 16:00
Сахагов түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор чөлүгэр түһэрэр кииннэригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин 328 чилиэнэ эмтэннэ. Бу туһунан бүгүн киин дириэктэрэ Зинаида Максимова иһитиннэрдэ.

“Уопсайа 199 оҕо уонна 129 улахан киһи доруобуйаларын чөлүгэр түһэрдилэр. Бу ийэлэр, эбээлэр, эһээлэр, аймахтар. Ону тэҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эмиэ оҕолорун кытта киирбиттэрэ”, — диэн бэлиэтээтэ дириэктэр.

Зинаида Максимова этэринэн, бастаан кэлимсэ диагностиканы ааһаллар. Ол кэннэ хайдах чөлүгэр түһэриини быһаараллар. Онно өссө социальнай-педагогическай, социальнай-мэдиссиинискэй, олоххо-дьаһахха чөлүгэр түһэриини ааһаллар.

Кииҥҥэ улахан дьон илбийиини уонна гидротерапияны ылыахтарын сөп.

Маннык көмөнөн туһанар туһугар  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ олорор сирдэринэн социальнай көмүскэл управлениетыттан ыйыталаһыахтаахтар. Онно кубуота бэриллэр. Исписэлиистэр уочаракка туруораллар, ол кэнниттэн Дьокуускайга бу кииҥҥэ ыыталлар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын  уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: