Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор уонна улаатан эрэр оҕолор реабилитационнай кииннэригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ, барыта 383 киһи, ол иһигэр 229 оҕо уонна 154 улахан киһи, социальнай реабилитацияны ааспыттар.
Бу туһунан киин дириэктэрэ Зинаида Максимова тохсунньу 30 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
“Реабилитационнай процедураны уонна дьарыктаныылары таһынан элбэх социальнай-култуурунай тэрээһиннэри ыытабыт. Хас биирдии саҥа бөлөх дьон кэллэ да, үлэбитин төрөппүт мунньаҕыттан саҕалыыбыт. Онно тугу, хайдах гыныахха сөбүн, ханнык процедураны ылыахха наадатын уонна бэйэҥ оҕоҕор хайдах көмөлөһүөххэ сөбүн туһунан сиһилии быһаарабыт”, — диир Зинаида Максимова.
Соторутааҕыта кинилэргэ «Мой бизнес» киин үлэһиттэрэ кэлэн, бэйэ дьыалатын хайдах тэринэр туһунан лиэксийэ-кэпсэтии оҥорбуттар. Максимова этэринэн, реабилитаннар бу тэрээһиҥҥэ олус интэриэстээхтик сылдьыбыттар уонна урбаан хайысхаларыгар консультация ылбыттар. Тохсунньу 21 күнүгэр “Бибилэтиэкэ 03” исписэлиистэрэ кэлэн, оҕолорго уонна төрөппүттэргэ кинигэнэн хайдах туттарга маастар-кылаастары, ону тэҥэ “Необычая книжная закладка” маастар-кылааһы ыыппыттар. Култуура министиэристибэтэ түмэллэргэ босхо экскурсияны тэрийтэрэн, кииҥҥэ эмиэ улахан өйөбүлү оҥорор.
Киин материальнай баазата аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир. Күнүстэри-түүннэри үлэлиир стационар баар, онно улуустан кэлбит дьону олохтууллар. Оҕолору күҥҥэ биэстэ, улахан дьону үстэ аһаталлар.
Кииҥҥэ киирбит оҕолор доруобуйаларыгар кэлим диагностиканы бараллар. Манна олоҕуран, хас биирдиилэригэр социальнай реабилитация маршрута оҥоһуллар. Ордук улахан болҕомто төрөппүт психологическай туругар ууруллар. Кинилэр хас да хайысхалаах социальнай реабилитацияны ааһаллар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…