Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмө салгыы оҥоһуллар
Саха сиригэр Ил Дархан ыйааҕар олоҕуран байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар социальнай өйөбүлү оҥоруу салгыы ыытыллар.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ 683 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна 945 байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ реабилитацияны аастылар. 183 киһиэхэ социальнай көмө дьиэлэригэр оҥоһулунна. 97 байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэрэ олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа материальнай көмөнү ыллылар. 275 байыаннай сулууспалаах санаторнай-курортнай эмтэниини аастылар. 260 байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэригэр байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр айаннарын бырайыаһын толуйдулар. Үлэлээх буолуу киинигэр 133 байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, 224 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэннэрин өйөөтүлэр, — диэн брифиҥҥэ бэлиэтээтэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: