Байыаннай дьайыы кыттыылаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу салҕанар

Share

Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоруу салҕанар.

“Алтынньы 23 күнүн туругунан 52 байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин дьиэлэригэр гаас киллэрэллэригэр үбүнэн көмө оҥоһулунна, 181 дьиэ кэргэн чилиэнэ байыас эмтэнэ сытар сиригэр тиийэригэр айаҥҥа харчынан көмө оҥоһулунна. 340 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна 640 кинилэр чугас дьонноро доруобуйа харыстабылын салаатынан реабилитацияны аастылар”, — диэн эттэ Бырабыытылыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов.

138 байыаннай төрөппүттэрэ куруорка эмтэнэ баралларыгар көмө туппуттар. Бу көмө кээмэйэ 60 тыһыынча солкуобай иһинэн көрүллэр, куруортка, санаторийга барарга «Мои документы» киин нөҥүө (биитэр e-yakutia.ru портал нөҥүө онлайн) сайаапка түһэриллэр.

Георгий Степанов этэринэн сайаапка түһэрбит төрөппүттэр 50% Саха сирин санаторийдарыгар эмтэммиттэр. Доруобуйа көрдөрүүтүнэн өрөспүүбүлүкэ таһыгар эмтэнэ барыы кыаллар – Москваҕа “Бэс Чагда” санаторийга, биитэр Алтай, Ставрополь, Краснодар куруортарыгар.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

7 часов ago