Салгыы
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин 312 чилиэнэ Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ эмтэннилэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин 312 чилиэнэ Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ эмтэннилэр

15.08.2024, 15:10
Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Анал байыаннай  дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро уонна кинилэри арыаллыыр дьиэ кэргэн чилиэннэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна улуустардааҕы Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр кииннэргэ доруобуйаларын чэбдигирдэллэр.

«Кииҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин 312 чилиэнэ, ол иһигэр  121 улахан киһи уонна 191 оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрдэ», —  диэн бүгүн брифиҥҥэ  Доруобуйаларыгар хааччахтаах кырачааннар уонна обургу оҕолор доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи  киин дириэктэрэ Зинаида Максимова иһитиннэрдэ.

Кини иһитиннэрбитинэн, оҕолор кииҥҥэ киирэллэригэр бастаан кэлим диагностиканы ааһаллар, ол түмүгүнэн хас биирдии оҕоҕо анал эмтэнии хайысхата оҥоһуллар. Оҕолор физкультура, физиотерапия, илбийии  көмөтүнэн чэбдигириини ааһаллар. Кинилэри кытта кииҥҥэ дефектологтар уонна логопедтар дьарыктаналлар, оҕолор оонньуу терапиятын, театротерапияны, артерапияны ааһаллар.

Оттон улахан дьоҥҥо үксүн психологическай үлэ барар. Ону тэҥэ кинилэргэ анал бырагыраама оҥоһуллан турар, онно физиотерапия, аппараатынан илбийии, отунан эмтэнии уонна уоскутар чэйдэри иһэрдии киирэр.

Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр бырагыраамаҕа кыттарга анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ олорор сирдэринэн социальнай көмүскэл уорганнарыгар тиийиэхтэрин наада. Хас биирдии улууска анаан кубуота көрүллэр, онон социальнай харалта исписэлиистэрэ ыыталлар.

Ону тэҥэ уустук балаһыанньаҕа түбэспит анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ улуустарыгар баар Кырачааннар уонна обургу оҕолор доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр кииннэргэ киириэхтэрин сөп.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: