Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын гражданскай кэргэттэрин бырааптарын эбии көмүскүөхтэрэ

Share

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа былырыын гражданскай ыал буолууну билинэргэ кыаҕы биэрэр сокуон барыла киллэриллибитэ. Бу сылга сокуон барыла бастакы ааҕыыга көрүллүөҕэ.

Ол курдук, анал байыаннай дьайыы кыттыыллааҕа өлбүт эбэтэр сураҕа суох сүппүт, гражданскай дьиэ кэргэттэр сыһыаннара официальнайдык регистрацияламматах буоллаҕына бырааптара федеральнай сокуонунан көмүскэниэҕэ. Докумуон Судаарыстыбаннай Дуума сокуону оҥоруу тиһигэр регистрацияламмыт.

«Сокуон барыла байыаннай дьайыыга кыттыбыт уонна өлбүт байыастар дьиэ кэргэттэрин интэриэстэрин көмүскүүргэ туһуланар. Билигин гражданскай ыал буолан олоруу түбэлтэтэ элбэх. Ол сыһыанынан гражданнар ыал буолууларын официальнайдык регистрациялаабаттар, элбэх сыл бииргэ олорон үгүс оҕолоноллор. Маннык быһыыга-майгыга ыаллар сүрүн иитэр аҕалара суох хаалар түгэнэ кытары баар. Онуоха сокуонан бу сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин интэриэстэрин көмүскүүр быраап мэхэньииһимнэрэ көрүллүбэттэр», — диэн дьокутаат Павел Крашенинников быһаарар.

Сокуон барылынан анал байыаннай дьайыы байыастарын гражданскай кэргэттэрин кытта ыал буолууларын билиниэхтэрэ. Бу дьаһал анал байыаннай дьайыы сиригэр сулууспалыыр байыастарга кытта тарҕаныаҕа. Ыал буолуу чахчытын бигэргэтэргэ үс сылтан итэҕэһэ суох бииргэ олорбуттара, ону таһынан биир сыл иһигэр оҕо төрөөбүт уонна уопсай хаһаайыстыбалаахтара эрэйиллэр. Байыаннай дьайыыга байыас өлбүт эбэтэр сураҕа сүппүт буолар түгэнигэр ыал буолуу сыһыаннарын билиниигэ суут бэрээдэгинэн олохтонор. Суут уурааҕынан ыал буолууларын туһунан быһаарыы ылыныллар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

9 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

32 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээтэ

Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сэргэх тэрээһин суоттулары түмтэ

Суоттуга "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр (сал. Гоголева Е.Н.) "Старые песни о главном" тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Балыыһаларга 331 көлө ылыллыбыт

"Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн, Саха сирин балыыһаларыгар анаан уопсайа 331 көлө ылыллыбыт. Ол…

3 часа ago