Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк. диэри болдьоҕо аһарыллыбыт (просроченные) кирэдьииттэрин дуогабарын көтүрэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата.
Докуомуон быраап иһитиннэриилэрин официальнай порталыгар таҕыста.
Сокуон быһыытынан, мобилизованнай байыастар, призывниктар (байыаннай училище курсаннарыттан уонна вузтарыттан ураты) уонна да атын гражданнар хантараагынан сулууспаҕа 2024 сыл ахсынньы 1 күнүттэн кыччаабыта 1 сылга болдьохтоон түһэристэхтэринэ, кирэдьиит дуогабардарын эбэһээтэлистибэлэрэ тохтотуллар.
Ол курдук, туһааннаах сокуоҥҥа 2024 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри кирэдьииккэ иэстээхтэринэн суут уурааҕа тахсыбыт гражданнар хабыллыахтарын сөп.
Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: