Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро доруобуйаларын бөҕөргөтөллөр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро доруобуйаларын бөҕөргөтөллөр

28.09.2023, 17:31
Хаартыска СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун уонна кинилэри арыаллыыр дьиэ кэргэн чилиэннэрэ доруобуйаларын Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чэбдигирдэр, чөлгө түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар баар оҕо уонна улаатан эрэр оҕону чэбдигирдэр кииннэргэ бөҕөргөтөллөр.

Бу туһунан, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, брифиҥҥэ Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин дириэктэрэ Зинаида Максимова иһитиннэрдэ.

«Оҕолору кытары кинилэри арыаллыыр дьон, холобур, ийэлэрэ, эбээлэрэ, эһээлэрэ эбэтэр улахан эдьиийдэрэ, убайдара доруобуйаларын бөҕөргөтөр кууруһу ылаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык 133 киһи доруобуйатын бөҕөргөттө. Оҕолору кытары уйулҕа үөрэхтээхтэрэ үлэлииллэр, арт-терапия, театро-терапия уонна атын даҕаны тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ону таһынан мэдиссиинэ көмөтө: массаас, эмтиир физкультура, физиотерапия уонна да атын процедуралар оҥоһуллаллар», – диэн кэпсээтэ Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр киин дириэктэрэ.

Улахан дьоҥҥо итини таһынан анал бырагыраама оҥоһуллубут. Онно физиотерапия, ситимэ суох массаас уонна киһини уоскутар отунан-маһынан оҥоһуллубут чэйдэри иһэрдии баарын туһунан Зинаида Максимова эбэн эттэ.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрэ доруобуйаларын бөҕөргөтүөхтэрин баҕардахтарына, олорор сирдэринэн социальнай харысхал уорганыгар сайаапка биэриэхтээхтэр. Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии оройуонугар квота көрүллүбүт, онон социальнай үлэһиттэр көмө көрдөөччүлэри Дьокуускай куоракка ыытыахтаахтар.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 декабря
  • -50°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 64% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: