СИА хаартыската
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр оҕо лааҕырдарыгар сынньаныахтарын сөп. 2024 сыл муус устар 16 күнүнээҕи 282-с нүөмэрдээх ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата.
“Былырыын төрөппүттэр уонна сокуоннай бэрэстэбиитэллэр оҕолорун өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сынньатар туһунан баҕа санааларын биллэрбиттэрэ. Бу санаалара учуоттанна” – диэн докумуон бырайыагын оҥорбут Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.
Ыйаахха олоҕуран, анал байыаннай дьайыы кэмигэр манна кыттааччылар дьиэ кэргэттэрин өйүүр эбии социальнай миэрэ көрүллэр.
Санатан эттэххэ, былырыын тэрээһиннээх сынньалаҥынан уонна доруобуйаны чэбдигирдиинэн 1823 оҕону хаппыттара, итинтэн судаарыстыбаннай лааҕырдарга – 346 оҕо, муниципальнай лааҕырдарга – 1477.
Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин оҕолоругар 13 өйөбүл миэрэ көрүллэр, итинтэн 11 – үөрэх эйгэтигэр, ол иһигэр уһуйааҥҥа оҕону көрүү-истии иһин төрөппүт төлөбүрүттэн босхолонуута, оскуолаҕа оҕолорун үөрэх кэнниттэн дьарык бөлөҕөр (группа продленного дня) сырытыннарыы, лааҕырдарга босхо путевка, устудьуоннарга үрдэтиллибит истипиэндьийэни көрүү курдук өйөбүллэр бааллар.
Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын уонна доруобуйатын чэбдигирдиини тэрийии боппуруоһунан “итии лииньийэ” нүөмэринэн ыйыталаһыаххытын сөп: +7 800 550-14-21.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…