Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар 4 132 көмө оҥоһуллубут
15.03.2023, 15:00
Андрей Сорокин (СИА) хаартыската
Бөлөххө киир:
Ил Дархан Айсен Николаев «О мерах поддержки семей военнослужащих» ыйааҕыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар 4 132 көмө миэрэтэ оҥоһуллубут. Бу туһунан бүгүн брифинг кэмигэр үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччы Алевтина Аргунова иһитиннэрдэ.
«Кулун тутар 15 күнүнээҕи туругунан 4 тыһыынчаттан тахса көмө миэрэтэ оҥоһулунна, ол иһигэр 1 152 оҕо дьыссаат төлөбүрүттэн босхолонно. 1 170 үөрэнээччи (5 — 11 кылаастар) оскуолаҕа босхо аһылыгынан хааччылыннылар», – диэтэ Алевтина Аргунова.
Билигин сайыҥҥы лааҕырдарга путевканы ылыыга элбэх сайабылыанньа киирэн эрэр. Бүгүҥҥү туругунан 1 352 босхо путевкаҕа сөбүлэҥ бэриллибит.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: