Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар 610 истипиэндьийэ олохтонно
СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин лииньийэтинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр «О мерах поддержки участников специальной военной операции и членов их семей в период проведения специальной военной операции» Ил Дархан Ыйааҕынан 11 өйүүр дьаһаллар ылыныллыбыттара.
Бу туһунан бүгүн, муус устар 10 күнүгэр, СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай иһитиннэрдэ.
«Билиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн үбүн-харчытын суотугар үрдүк уонна орто идэлээх үөрэх тэрилтэлэригэр анал үөрэхтээһиҥҥэ 32 оҕолору кытта дуогабардар түһэрсиллибиттэрэ», – диэн Михаил Присяжнай эттэ.
Ону таһынан Михаил Присяжнай анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэрэр устудьуоннарыгар 610 анал истипиэндьийэ анаммытын туһунан бэлиэтээтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: