Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыы: боппуруостар бары быһаарылыннылар дуо?

Share

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин үлэнэн хааччыйыы быһаарылынна дуо? Бу билиҥҥи кэмҥэ ураты суолталаах тиэмэни Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова эрэгийиэннээҕи нэдиэлэҕэ СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччытын Светлана Горюшинскаяны уонна Нерюнгри, Ленскэй, Алдан, Өлүөхүмэ оройуоннарын баһылыктарын кытары дьүүллэстэ.

Галина Данчикова бэлиэтээбитинэн, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр 41 федеральнай сокуон ылыллыбыт, олортон сэттэтэ – үлэ быраабын уонна көрүллүбүт мэктиэлэри көмүскээһин туһунан.

Федеральнай сокуонунан байыаннай дьайыы кыттыылаахтара үлэлэрин миэстэтэ уонна ыстаастара оннунан хаалыахтаах. Ол гынан баран, өскөтүн кини сулууспата бүтэн, төннөн кэлэн баран, үс ый иһигэр үлэтигэр тахсыбатах буоллаҕына, кинини кытары үлэ дуогабара көтүрүллүөн сөп.

Светлана Горюшинская эппитинэн, Дьарыктаах буолуу сулууспатыгар байыаннай дьайыы кыттыбыт 90 киһи уонна 176 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ кэлэ сылдьыбыттар. Онтон 36 киһи үлэнэн хааччыллыбыт уонна оробуочай идэлэри ыларга орто анал үөрэҕи ааспыттар. Хас да ыал чилиэннэрэ хаартыскаҕа түһэрии өҥөтүн оҥорууга уонна массаас өҥөтүн оҥорууга бэйэлэрин дьыалаларын арыйбыттар.

Дьарыктаах буолуу сулууспатын салайааччыта байыаннай дьайыыттан бүгүҥҥү күҥҥэ төһө киһи төннөн кэлбитэ уонна кинилэртэн хастара үлэнэн хааччыллыбыттарын туһунан чопчу иһитиннэрии суох диэн бэлиэтээн эттэ. Кини этэринэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара кэлбиттэрин туһунан иһитиннэрии араас сиртэн киирэр. Өскөтүн кинилэр мэдиссиинэ көмөтүн ылаары тиийдэхтэринэ, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Оттон үлэ көрдөөн Дьарыктаах буолуу киинигэр эбэтэр «Защитники Отечества» пуондаҕа кэллэхтэринэ, кинилэр тустарынан бу тэрилтэлэр иһитиннэрэллэр. Байыаннай дьайыыга бааһырбыт дьон кэлэн баран урукку үлэлэригэр төннүбэккэ, саҥа идэлэргэ үөрэнэллэр.

Светлана Горюшинская байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыыга Биир кэлим испииһэк (реестр) баар буолуохтаах диэн этэр. Оттон Галина Данчикова маннык докумуону ситэриилээх уонна муниципальнай былаас уорганнарын, байыаннай комиссариаты, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаларын филиалын уонна да атын биэдэмэстибэлэри кытары бииргэ үлэлээн оҥоруохха сөп диэн эттэ.

Баһылыктар эмиэ төһө киһи төннөн кэлэн үлэнэн хааччыллыбыта, ким тугунан дьарыктаныан баҕарар иһитиннэриитэ суоҕа, биир кэлим испииһэк суоҕуттан тахсар, онон ити үлэҕэ биэдэмэстибэлэр икки ардыларыгар чопчу мэхэниисим баар буолуохтааҕын эттилэр. Оройуон баһылыктара билиҥҥитэ үлэ көрдөөччү аҕыйах соҕус буолан, кыһалҕа суох курдук эрээри, инники өттүгэр байыаннай дьайыыттан төннөн кэлэр дьон элбээтэҕинэ, кинилэри үлэнэн хааччыйарга бэлэм буолуохтаахпыт диэтилэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

14 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

55 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago