Байыаннай дьайыыга Чурапчы улууһун көмөтө улахан
Бэҕэһээ Чурапчы улууһугар баһылык Степан Саргыдаев байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туох көмө оҥоһуллубутун итиэннэ инники соруктар тустарынан дьонугар-сэргэтигэр иһитиннэрдэ.
«2022 сылтан 2024 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр «Чурапчы сайдыыта» пуондаттан уонна улуус бүддьүөтүттэн 44 115 762,87 солк. суумалаах көмө оҥоһулунна. Ол иһиттэн пуонда үбэ – 18 369 385,06 солк., улуус бүддьүөтүттэн – 25 746 377,81 солк. Бу үп материальнай, гуманитарнай, о.д.а. көмөнү оҥорууга туһанылынна», — диэн быһаарда улуус баһылыга Степан Саргыдаев.
Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан гуманитарнай көмөнү илдьэр командировкаҕа барыта 10-на баран кэлбит, уолаттарыгар 15 туонна кээмэйдээх гуманитарнай көмөнү тиэрдибиттэр. Ол иһигэр 3 массыынаны, матассыыкыллары, дроннары, о.д.а. Маны барытын улуус тэрилтэлэрин, нэһилиэктэрин, успуонсардар көмөлөрүнэн ылбыттарын бэлиэтээтилэр уонна кинилэргэ махталларын тиэрдэллэрин биллэрдилэр. Өйөбүлү, көмөнү оҥорууга инникитин соруктар, былааннар элбэхтэрин эттилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ СӨ Биир кэлим координационнай киин чилиэнэ Светлана Диодорова-Лаврентьева, сулууспаттан уоппускаҕа кэлэ сылдьар Семен Пахомов, байыаннай дьайыыга кыттыбыт биэлсэрдэр Анна Сорокоумова, Лена Макарова кэлэн, бэйэлэрин тустарынан кэпсээтилэр, көмө, сүбэ быһыытынан иһитиннэриилэрин оҥордулар.
«Кинилэр дойду сылаас тыына, аһа-үөлэ, көмөтө байыастарга саамай күндү уонна кэтэһиилээх буоларын эттилэр, махтаннылар. Онон биһиги тыыл дьоно оҥорор көмөбүт улахан суолталааҕын өйдөөн, өссө күүскэ түмсэн, уолаттарбыт уонна Кыайыы туһугар салгыы үлэлиэҕиҥ!», — диэн Степан Саргыдаев биир дойдулаахтарыгар туһаайан эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: