Байыаннай дьайыыга дроннары суулларар биэс тэрили ыытыахтара
«Cаха сирэ эйигин кытары!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын байыаннай дьайыы бара турар сиригэр сотору дроннары суулларар биэс тэрили ыытыаҕа.
Ол туһунан бүгүн «Cаха сирэ эйигин кытары!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта Айыл Дьулурха брифиҥҥэ эттэ. Бу күннэргэ дроннары суулларар сэп-сэбиргэл Дьокуускай куоракка кэлиэ. Бэрэбиэркэлээн уонна калибровкалаан көрүү кэнниттэн, байыаннай дьайыы буола турар сиригэр ыытыахтара.
Айыл Дьулурха соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсыбытыгар, байыастар өрөспүүбүлүкэ ураты бэлиэлээх (символика) шевронун ыыталларыгар көрдөспүттэрин санатта.
Маныаха Айыл Дьулурха волонтердар иистэнэр сыахтара Саха сирин ураты бэлиэлээх шевроннарын тиксиэхтэрэ диэн эттэ.
«Биһиги уопсастыбаннай хамсааһыммыт СӨ идэлээх сойуустарын федерациятын өйөбүлүнэн быысапкалыыр тэрили ылыахтаах. Оччоҕо онно сөптөөх матырыйааллары атыылаһан, байыаннай дьайыыга кэтиллэр таҥастарга шевроннары, киэргэллэри уонна харысхаллары тигэн саҕалыа», – диэтэ Айыл Дьулурха.
Кини элбэх байыаннай сулууспалаах бу күннэргэ уоппускатыттан төннөн эрэрин, кинилэри экипировканан хааччыйалларын бэлиэтээтэ.
«Байыастарга таҥас-сап уонна эмп-томп хомуйан биэрэргэ, биһиэхэ көмөҕө эбии дьон наадалар», – диэтэ кини.
Санатар буоллахха, «Cаха сирэ эйигин кытары!» хамсааһын гуманитарнай көмөнү тутар пууна маннык аадырыска баар: Дьокуускай к., Орджоникидзе уул. 10 (киирии дьиэ ойоҕоһунан), 10:00 — 19:00 диэри күн аайы үлэлиир.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: